Төрөөбүт нэһилиэгим дьикти дьарыктаах олохтоо5о

Төрөөбүт нэһилиэгим дьикти дьарыктаах олохтоо5о.
 
Биһиги күннээҕи олох, үөрэх-үлэ түбүгэр, кини кыайан ситтэрбэт ахсым айанын эккирэтиитигэр эрийсэн, бииргэ аттыбытыгар сылдьар үлэһит дьону ситэ сыаналаабат, булан таба көрбөт түбэлтэлэрбит бааллар. Кинилэр Саха норуотун тапталлаах сүдү поэта Семен Данилов эппитинии, киһи аймахха бары өттүнэн туһалаах өрүстэр курдук холкулар, атынна мээнэҕэ аралдьыйбаттар. Сорохторо улуутуйар улуу Өлүөнэ курдук кыахтаахтар, аргыый анаатта усталлар, сорохторо киһи хараҕар таптатар дьэп-дьэнкир, сып-сырдык Амма эбэ уутун курдук, күндэлэс дууһалаахтар. Бэйэлэрин үлэлэринэн, дьикти дьарыктарынан ааттытарга холобур буолан, өрүү сырдыкка, кэрэҕэ тардыһаллар. Оннук дьикти дьарыктаах Үөдэй олохтооҕо Филиппов Александр Александрович туһунан билиһиннэриэм.
   Александр Александрович 1953 сыл тохсунньу тоһуттар томороон тымныыта сатыылаан турдаҕына Ханалас улууһун Ой-Мураан сэлиэнньэтигэр Софья Афанасьевна уонна Александр Дмитриевич Филипповтар дьиэ кэргэннэригэр бэһис оҕоннон күн сирин көрбүтэ. Аҕата туйах хатарааччыбар диэн бэйэтин аатын биэрбитэ уонна бара суоҕа үс ыйдааҕар күн сириттэн барбыта.
 Александр Александрович ийэ дойтутугар ытык иэһин төлөөн баран төрөөбүт нэһилиэгэр кэлэн кэргэннэнэн, дьиэ-уот тэринэн, о5о уруу төрөтөн, сиэн көрөн ытык-мааны ыал аҕа баһылыга буолан олорор.
 Айыл5а кэрэтин, от масс дыргыл сытын, кустугун, дьэргэлгэнин сүрэҕэр-быарыгар инэринэн, айыл5аны кытта алтыһан үөскээбит, улааппыт. Кыра сырытта5ына ол бу силис-мутук, истиэнэ5э мас сааһын ойуута кини хара5ар хас биирдиилэрэ ис хоһооннонон, тус-туһунан остуоруйа, уобарас буолан көстөро. Александр Александрович о5о сааһыттан быһыччанан маска кыһарын сүрдээҕин сөбүлээн дьарыктанарын, ону-маны тобула, толкуйдуу сатыырын кэрэхсээн кэпсииллэр. Онтуката барыга бары сирийэн сыһыаннаһар, мындыр итиэннэ дэгиттэр дьо5урдаах буолуу ураты хаачыстыбаларын инэринэригэр төрүөт буолбуттара буолуо.
   Александр Александрович хана да сырыттар сөбүлүү көрбүт силиһин-мутугун хомуйар, иллэн кэмигэр айар талана киирдэ5инэ, ол айыл5а матырыйаалыттан туох эмэ дьиктини-кэрэни айан, чочуйан таһаарар, араас кыыл-сүөл муоһуттан хатыламмат оноһуктары онорор. Ону тэнэ төрүттэрэ дьаамсыктар олорон ааспыт олохторун өйдөбүннүк онороору кинилэр тута сылдьыбыт малларын-салларын хомуйуунан, коллекциялааһынынан дьарыктанар.
 Тыа скульптурата диэн араас силистэн-мутуктан, энин дьиктитик эрийэ-буруйа үүммүт мас мутугуттан, лабаатыттан оноһугу ааттыыллар. Киһиэхэ, кыылга, сүөһүгэ маарынныр силис-мутук, масс айыл5аттан быһыытын-таһаатын туһанан, ону көннөрөн эбэтэр эбэн-сабан тупсаран, тардар кэрэ көстүүлээх үлэни оноруохха сөп.
 Айылҕа бэйэтэ художник, скульптор диэн дэлэҕэ эппэттэр. Кини араас мутуктан-силистэн эриэккэс бэйэлээхтик эрийэн уот сиэбит төнүргэһиттэн, сыгынаҕыттан «баллырдаабыт» остуоруйа, олонхо бухатыырдара эйигин кэтэһэллэр. Кинилэри таба хааман, чопчу көрөн буларга сыты харах, болҕомто уонна тулуур наадалар. Биллэн турар, эрэйэ суох дьикти оноһук тахсыбат. Александр Александрович биир эриэккэс силиһи туураары үгүс күнүн сүтэрбиттээх, сырата-сылбата эстиэр диэри мадьыктаспыттаах. Ол эрээри оноһук айыллан тахсар үөрүүтэ туохха да тэннэммэт.
   Александр Александрович тыа скульптуратынан эрэ буолбакка, ынах-сүөһү, тайах, кулааһай муостарыттан араас оноһугу онорорунан дьарыктанар. Ол курдук кини дьахтар киэргэллэрин, вазалары, иһит набордарын онортуур.
   Коллекция киһини кэрэхсэттэрэ элбэх. Коллекцияны киһи историяны үөрэтээри, билиитин-көрүүтүн ханатаары, өйүн-санаатын сайыннараары, бэйэтин олоҕун эстетическай-культурнай өттүнэн байытаары мунньар. Ити тыллары өссө диринэтэн эттэххэ, бу анардас бэйэҕин эрэ сайыннараары буолбатах, ону ааһан тулалыыр дьоҥҥун-сэргэҕин кэрэ эйгэтигэр буолар.
 Александр Александрович коллекциятыгар 21 манньыат, үрүн көмүс ньуоскалар,өбүгэлэрбит тута сылдьыбыт маллара-саллара бааллар.
 Кини уонтан тахса сыллаҕыта Ой-Мураанна төрөөбүт дойдутугар сайылык дьиэтэ тута сылдьан маннайгы манньыатын булбута. Ол 1749 сыллааҕы «Денга» диэн суруктаах алтан манньыат. Бу манньыат Петр первай ыраахтааҕы кыыһа Елизавета ыраахтааҕылаан олорор кэмигэр оноһуллубут эбит.
 
                   Онтон атын манньыаттар миэхэ тугу санаталларый?
 
Ефремова Лиза
ЕСОШ
Руководитель: Герасимова В.Е.
 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *