Стихи Филипповой Насти
| Сааскы сарсыарда.
Yрyн хаары ытыйан
тyyнy быhа тыллырда
Суолу- ииhи бyoлээтэ
Сандал сааспыт кэлиитэ
Илин хайа кэтэ5эр
Санар5абыт кыыста
Кэлэн yoрэн мичилийэн
Кyммyт oрo тыкта
Уулусса5а, дьиэлэргэ
О5о- аймах уhугунна,
Yoрyy- кoтyy аргыстаах
Оскуола5а сырыста
О5о сааhым кэрэтиэн
Ойор кyнyм кэриэтэ.
2004г.
Кyoх сайын салаллыа.
Кyoх сайын унааран,
Кoбyoр кyo5y сыттаныа,
Сайылык тула тyптэлэр
Буруолара унарыа.
Ийэм таптыыр ына5а
Ырмын аайы кэлиэ5э
Кыра ньирэй топпокко,
Oлгoм yyтy иhиэ5э.
Ийэбинниин yoрyoхпyт,
Ньирэйбитин таптыахпыт,
Кyoх сайын yтyoтyн
Киниэхэ эрэ аныахпыт.
Тулам барыта сибэкки,
Тулам барыта сибэкки,
Тыабыт аргыый сипсийиэ
Ийэм нарын илиитэ
Сиэтиэ миигин yлэ5э . . .
Арай биирдэ.
Арай биирдэ тyhээммин
О5о сааспын кoрсoммyн
То5о туохтан мунчааран
Сайыннарбын oйдooтyм
Yoрэ кoтo кoрсyhэр
О5о сааhым алааhын
Кустуктана мичийэр
Сарыалын тутаммын
Манан солко лыахтыы
Сибэккилээх сыыhынан
Кoтo-дайа кoччyйэн
Дьиэрэнкэйдээн ыларбын
Олус ахтыбыт санааттан
мунчааран ылар эбиппин.
Арай биирдэ тyhээммин
Эдэр сааспын эргитэн
Умнуллубат сылларбын,
Эргиллибэт иккистээн
Эдэр сааhым тапталын
Араас дьикти oнyнэн
Умуллубат устунан
Кустуктана кoтoрбyн
Сылаас сырдык тапталым
Сибэккитэ буоламмын
Хонууларбын симээммин
Дьиэрэнкэйдээн ыларбын.