Олунньу 13 күнэ – төрөөбүт тыл күнэ
|Бу күн нэһилиэкпит олохтоохторо төрөөбүт тыл уонна Россияҕа биллэриллибит Театр сылын арыйан көрүү курэх улахан түһүлгэтигэр муһуннулар. Ол курдук, кылаастарынан, тэрилтэнэн Саха суруйааччыларын айымньыларын сценаҕа туруордулар.
Саха үгүс көлүөнэ артыыстара иитиллэн тахсыбыт айымньылардаах суруйааччыларбыт Д.К.Сивцев –Суорун Омоллоон «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык», Степан Павлович Ефремов «Киирик кэргэттэрэ», Василий Семенович Яковлев-Далан «Дьикти саас», Платон Алексеевич Ойуунускай
«Ыраахтааҕы ыйааҕа» айымньыларыттан быһа тардыылары кылаастарынан туруордулар. Оҕолор ол кэмнээҕи дьон олоҕун таҥастарынан, саҥаларынан итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр.
Саха уус-уран литературатын төрүттээбит суруйааччылар А.Кулаковскай- ϴксөкүлээх ϴлөксөй «Сэттэ дьахтар мэтириэтэ», Дмитрий Кононович Сивцев -Суорун Омоллоон «Бэйэтэ эмтиэкэ» уонна драматург С. Ефремов «Куорат кыыһа» айымньыларын дьахтар сэбиэтэ, оскуола коллектива, олохтоох администрация коллектива толорон дьон-сэргэ биһирэбилин ыллылар.
Бу көрүү курэхэ буоларын курдук анал ааттар иҥэрилиннилэр. «Бастыҥ эр киһи оруола» оҕолорго – Кирилл Филиппов (7кыл), улахаттарга Владимир Филиппов (оскуола колл.), «Бастыҥ дьахтар оруола» оҕолорго – Анжела Сумъяа (11кыл), улахаттарга Анна Иванова (оскуола колл.), «Бастыҥ туруоруу» оҕолорго – «Киирик кэргэттэрэ» ( 7 кыл), улахаттарга — «Бэйэтэ эмтиэкэ» (оскуола колл.).
Көрүү курэх улахан түһүлгэтин кыттааччылара уонна көрөөччүлэрэ дуоһуйа сынньанан, тэрийэн, иилээн –саҕалаан ыыппыт олохтоох библиотека, оскуола библиотекатын уонна кулууп үлэһиттэригэр махтал тылларын эттилэр.
Дириҥ историялаах, олус баай сахабыт тыла биһигини барыбытын, ыччаппытын, сахалыы тыынныыр, үтүө сиэргэ–майгыга угуйар.