Добро пожаловать в наш музей!
|«Скандисиинэ» Кыргыттара ыаллыы олорор Уедэй нэьилиэгэр культурнай сынньалан оностон баран кэлбит санаабытыттан уллэстиэм.
Сиинэбититтэн турунуохпутуттан куммут сааскылыы чагылхайдык тыган, илин хайабытыгар «Елуенэ Куолакаллара» Курдук очуостар кэккэлээн тураллара уердэ-сехтере арыаллаатылар.
Кыраныыссага тохтоон сахалыы арыылаах алаадьынан кундулээн, Ат Дабаан часовнятын кестуутугэр хаартыскага тустубут.
Уедэйгэ киирээтин кытта «Духовный информационный центр Истоки» диэн библиотека-музей дьиэтэ ыалдьыттары аан бастаан керсерге анаммыт курдук турар эбит.
Сылаас, ыраас, киэн-куен дьиэгэ 45 сыл улэлээн кэлбит, идэтин толору баьылаабыт, нэьилиэк бочуоттаах олохтоого Макарова Галина Степановна уерэ-кете, кэпсии, билиьиннэрэ керустэ.
Кыра дэриэбинэ курдук да, дьэ баай, дирин, киэн историялаах дойду эбит.
Галина Степановна кун бугунугэр дылы ирдээн, уерэтэн, муспут экспонаттара, улэлэрэ элбэгэ сохтордо. Барытын Ат Дабаан уонна Ой Мураан кыраныыссадарын иьиттэн булан-талан олохтоохтор бары муспут онорбут тумэллэрэ эбит.
Уунэр келуенэлэрин патриотическай тыынна иитэр материаллара элбээн иьэр эбит,
Научная ирдиир улэлэри онороннор араас конкурстарга кыттан, кинигэ таьааттаран ханатан биэрэн мунньаллар эбит.
Бу барыта улахан сыралаах улэ буолара саарбага суох.
«Мин дойду Уедэйим» диэн Юрскай периодтан сагалаан кун бугунугэр дылы тугунан дьарыктанан, иьиттэн, тыынан олорбуттарын арыйбыта кэрэхсэбиллээх.
Бу уйэлээх улэтэ сыаналана турдун.
Олорон, улэлээн ааспыт олохтолхторо истиэнэгэ ыйаммыт стендалартан кэпсии, саната, алгыы турар курдуктар…
Араас дойдуттан кэлбит ыалдьыттарга, учуонайдарга кердерер тумэллээхтэрэ уертэ, сохтордо.
Олус диэн махтанан, Галина Степановнага инники ологор бары утуену, кэрэни багарабыт, улэн утуе тумуктээх буоллун диэ алгыыбыт!