Кельциновтар удьуордара

Кельциновтар удьуордара
 
                                 Ийэм Харыйалаахтан торуттээх. Ийэм Кельцинова Анисия Елисеевна, 1919 сыллаахха Уодэй Харыйалаах арыытыгар торообут. А5ата Кельцинов Елисей Дьэкэмдэттэн торуттээх Латышева Евдокия Петровнаны (Огодой) кэргэн ылан арыы баhыгар олорбуттар. Анисияттан ураты о5о турбакка, а5атын быраатын о5олорун Настя, Дьогуор диэн уоллаах кыыhы ииппиттэр. Сайынын Харыйалаах дьоно, а5а уустарынан тус-туhунан тар5аhан олороллор эбит. Ийэм, а5а дойду сэриитин са5аланыытыгар 21-гэр сылдьара, оно колхоз тоhуу улэhитэ этэ. 1940-1943 с.с. Ой-Мураан сэбиэтин председателинэн улэлээбитэ. Сэрии сылларыгар дьахтар киhиэхэ эппиэттээх кэлиилээх-барыылаах ыарахан улэ этэ. Куоракка, оройуон киинигэр араас мунньахтарга, райсовет сессиятыгар сылдьарбыт. Сут кураан сэрии сылларыгар, дьону кытта араас улэлэргэ кыттарбыт. Сэриигэ дьону мобилизациялааhын, фронна ичигэс танас тиктэрэн, харчы хомуйан ыытыы совет председателин сурун улэтинэн буолара. Дьон улэ бо5ону улэлээбиттэрэ – диирэ. Ыаллар-а5алара, убаайдара, угус эдэр эр дьон сэриигэ баран олбуттэрэ, сорохторо сура5а суох сутэллэрэ. Быраатым Дьогуор Смоленскайга олбутум туhунан похоронка ылбытым – диэн хараастан кэпсиирэ. Сэрии сылларыгар нэhилиэк сэбиэтин улэлэппитэрэ фронна комолоhор оруоллара улахан этэ. Ардыгар эдэр дьону саастарын бутуйан биирдээн-иккилээн кистээн хаалларар да бара диирэ. Сэбиэт улэтигэр оройуонтан ирдэбил кытаанах хонтуруолга ылыллара.
                                  Ханнык да бытар5ан тымныыга покровскайга тиийэ атынан сылдьарбыт. Оччолорго заем тунэтии, харчы хомуйуута, бэргэhэ, утулук тигиитэ, онтон да атын от-мас кыамматтарга комолоhуутэ биhиги урдубутунэн кытаанах ирдэбилинэн толоруллара. Саамай нэhилиэнньэ5э похоронка биллэриитин туттарыы этэ. Дэриэбинэ урдунэн сотору-сотору самолеттар котон ааhаллара ону бомба туhэриэхтэрэ диэн, уоттарбытын умуруортаан куттанан бо5о олорорбут, — диирэ.
                                  Кэлин ийэм доруобуйата тулуйбакка молтоон эбэтигэр Дьэкэмдэ5э барбыт. Онно эмиэ колхоз улэтэ таах олордубата5а, тууннэри-кунустэри улэлиири модьуйара. Уйэлээх сааhыгар колхоз, совхоз улэлэрэ пенсия5а тахсыар диэри, кини сатаабата5а, кыайбата5а суох этэ.
                                 Кинини билэр кырдьа5ас дьон бары, дьаhалта да, Илии-атах да улэлэригэр кыайыгас- хотугас хоhуун улэhит быhыытынан билигин да ахталлар.
                                 Биhиэхэ эмиэ ыал буолбуппут кэннэ, дьиэ таhыгар элбэхтик комолоспутэ, ус сиэнин буобэйдээн баран ыарахан ыарыыттан 76 сааhыгар кун сириттэн барбыта.
                                 Мин Дьэкэмдэ5э 1952 сыллаахха торообутум. А5ам Никифоров Михаил Ильич Тит-Арыыттан торуттээх, ийэбин кытта кылгас кэмнэ ыал буолан олорбуттар.
                                 Кэргэним Владимиров Вячеслав Иванович эмиэ Дьэкэмдэттэн торуттээх. Соторутаа5ыта 25 сыл буолан олорбуппутун бэлиэтээбиппит. Ус уол о5олоохпут.
                                 Улахан уол Вячеслав – авиатехник.
                                 Орто уол Сергей – математика учуутала. Кыра уолбут Андрей медицинскай институт II курсун студена.
                                 Эбээбит нэhилиэк кинигэтигэр утуо аата ааттаннын, утуо угэс колуонэттэн колуонэ5э сал5анан бара туруохтун!
 
 
                         Н.М. Владимирова.
                         Сиинэ 2006 с. олунньу ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *