Храни традиции предков

 
         Ханнык баҕар дойду бэйэтэ туспа историялаах, дьоно-сэргэтэ туспа сайдыылаах, суоллаах-иистээх, ол эрээри уопсай государственнай олох-дьаһах сүрүннүүр. Биһиги олорор сирбитин, айылҕабыт баайын суолталаабат, харыстаабат, историятын билбэт буоллахпытына, кэскилэ кэхтэр кутталлаах.
         Дьиҥнээх хаһаайынныы сыһыан нэһилиэстибэннэн бэриллэр үтүө традициялаах дьонунан салҕанан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэрилиннэҕинэ эрэ дойду чэчирии сайдар. Биһиги төрөппүттэрбит онуоха элбэхтик практически бэйэлэринэн көрдөрөн үөрэппиттэрэ. Итиниэхэ дьиҥнээх олоҕу кытта алтыһан улааппыт көлүөнэ салҕыыр кыахтанар. Төрөппүттэрбит көлүөнэтин дьонноро, кэргэттэрин, оҕолорун, дойдуларын көмүскээн сэриигэ хааннарын тохпуттара, олохторун толук уурбуттара. Атын дойдуга сорохторо, күндү уҥуохтара, үтүө ааттара суруллан харалла сыталлар. Кинилэр хаалларбыт традицияларын, көрөн-харайан хаалларбыт күөх айылҕаларын үйэтитэр тус эбээһинэспит.
         аллараа сиһилии суруйуоҕум.
 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *